Боярова Марианна Прокопьевна
1933-2004 сс.
Таатта оройуонун Дэбдиргэ сэлиэнньэтигэр 1933 с. төрөөбүт.
1957 с. Новгородов С.А. аатынан Чурапчытааҕы педагогическай училищены бүтэрэн, үлэтин Муома улууһун Индигир алын кылаастаах оскуолатыгар саҕалаабыт. Туора-Күөл орто оскуолатыгар 1971 сыллаахха ананан кэлэн, алын кылаас учууталынан үлэлээбит. 42 сыл учууталлаабытын тухары үтүмэн элбэх ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарбыт.
Үлэтигэр туспа буочардаах учууталы үөрэх министерствотын көрдөһүүтүнэн, ол сылларга үөрэтэ сылдьар 1 кылаастан 7 кылааска диэри туттар саха уонна нуучча тылларын учебниктарын анализтаппыттар. Ол тахсыылаах үлэтин түмүгүнэн 1978 с. Саха АССР үөрэҕин министрествотыттан махтал сурук туппут. Ону таһынан Е.П. Чехордуна «Ыҥырар ыллыктар» кинигэтэ тахсыытыгар көмөлөспүт, тэҥҥэ үлэлэспит.
Марианна Прокопьевна сайыҥҥы кэмҥэ «Хатыҥчаана» оҕо үлэ-сынньалаҥ лааҕырын салайан үлэлэппит. Бу лааҕыр Саха АССР уонна РСФСР конкурстарын призердара, Алексеевскай оройуон хас да төгүллээх чемпиона буолбут.
1991 сыллаахтан Туора-Күөл орто оскуолатыгар библиотекарынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит. Оскуола библиотеката элбэх ааҕааччылары хабан, үгүс тэрээһиннэри тэрийэн, үлэтин түмүгүнэн улууска миэстэлэспит. 1995 с. улуус библиотекардарын конкурсугар кыттан, ΙΙ м. ылбыт. Оҕолор куруутун библиотекаҕа таптаан сылдьан, улууска ыытыллар библиотечно-библиографическай билии конкурсугар кыттаннар, бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэр.
Олус чиэһинэй, принципиальнай, сэбиэскэй кэм бэриниилээх үлэһитэ.
Олоҕун ииппит кыыһа, сиэннэрэ салгыыллар.
Наҕараадалара: «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэ бэтэрээнэ», «Улуу Кыайыы 50 сыла», «Сэбиэскэй Сойуус Маршала Жуков» мэтээллэр, «ЦК ВЛКСМ», «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа», «Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэлэр. ЯРИУУ, ЫБСЛКС обкомун, Саха АССР үөрэх министерствотын, РСФСР Минпроһун Бочуотунай грамоталара.