1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
265 views

Гуляев Иван Аммосович

ГУЛЯЕВ ИВАН АММОСОВИЧ

(08.02.1932-08.10.2015)

Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, ССРС, РСФРС үөрэҕириитин туйгуна,  «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, Таатта улууһун, Дьүлэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Гуляев Иван Аммосович Таатта  улууһугар Дьүлэй нэһилиэгэр 1932 сыллаахха олунньу 8 күнүгэр колхозтаах ыалга төрөөбүтэ.   Аҕата, Аммос сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, ийэтэ, Өкүлүүнэ ыалдьан эрдэ олохтон туораабыт.

1940-1947 үөрэх сылларыгар Игидэйгэ бастакы кылааһы, Дьүлэйгэ үс кылааһы, онтон Игидэй сэттэ кылаастаах оскуолатыгар 7 кылааһы, Ытык-Күөлгэ интернакка олорон, орто оскуоланы 1952 с. ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит.

1958 с. СГУ бүтэрэн, физик идэтин ылбыт, бастыҥ үөрэҕин иһин, В.Г. Короленко аатынан стипендия анаммыт. 1958 с. университеты бүтэрэн, А.А. Жданов аатынан Ленинградтааҕы университекка аспирантураҕа үөрэххэ ыыталлар, икки сыл үөрэнэн баран, дойдутун ахтан, төннөн кэлбит. Университекка үөрэнэр кэмигэр Кэбээйи оройуонугар Таас Тумуска газ көрдөөһүнүгэр экспедицияҕа сылдьыбыт. 1968 с. Саха АССР учууталларын 7 сьеһигэр делегатынан баран кэлбит. 1959-1964 сс. Чөркөөххө, 1964-1992 сс. Туора-Күөлгэ учууталынан, биэс сыл устата дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан, 8 сыл устата дириэктэринэн үлэлээбитэ.

Оскуолаҕа үлэлиир сылларыгар оскуола материальнай-техническэй базатын бөҕөргөтүүгэ, толору хааччыллыылаах кабинеттары улууска бастакынан үлэҕэ киллэриигэ, «Манай» үлэ-сынньалаҥ лааҕырын тэрийиигэ сыралаһан үлэлээбитэ. Лааҕыр 24 сыл устата тохтообокко ситиһиилээхтик үлэлээн, оройуон, улуус бастайааннай чемпиона, республика 6 төгүллээх чемпиона уонна призера, Россия 2 төгүллээх призера буолбута.

Сэбиэскэй былаас эстэн, бастаан олохтоох дьаһалтаҕа 2 сыл устата баһылыгынан, 1,5 сыл Туора-Күөллээҕи ОДьКХ учаастагар салайааччынан үлэлээбитэ.

Үс оҕо, аҕыс сиэн, элбэх хос сиэн кини олоҕун салгыыллар. Кэргэнинээн, Мария Дмитриевналыын үйэ аҥара бииргэ олорбуттарынан, «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» анал бэлиэнэн наҕараадаламмыттара.

2015 с. олохтон туораабыта.

Наҕараадалара: «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин», «Сэбиэскэй Сойуус Маршала Жуков», «Үлэ бэтэрээнэ», Улуу Кыайыы 50, 60, 65, 70сс. мэтээллэр, «2000 үтүө дьыала», «Таатта 100 сыла» бэлиэлэр.Таатта улууһун, Дьүлэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. ССРС үөрэҕириитин туйгуна, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна,  «СР учууталлар учууталлара», «Үөрэхтээһин систематын Бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэлэр,ССРС үөрэҕириитин министерствотын, РПВШНУ профсоюһун киин комитетын, ЯРИУУ, Саха АССР КП обкомун, райсовет, райком, колхоз, совхоз грамоталара.

ЛИТЕРАТУРА

Билии – көрүү кыһата  // Дьүлэй нэһилиэгин былыргыта уонна билиҥҥитэ  /  хомуйан оҥордулар:  Осипов О. Д. уо.д.а.  –  Дьоккуускай:  Бичик,  2003. –  С. 211.

Васильева,  Р. Т.  Иван  Аммосович  Гуляев /  Р. Т. Васильева, И. Н. Гуляев //  Дьүлэй нэһилиэгэ  –  олоҥхо түөлбэтэ  /  кинигэни хомуйан бэчээккэ бэлэмнээтилэр:  О. Д. Осипов,  Л. Э Алексеева. – Дьокуускай, 2007.  –  С. 150 — 152.

 

Гуляев Иван Аммосович  / И. А. Гуляев  // 85 сыл үөрэх сырдык аартыгынан:  Таатта улууһун Туора-Күөл орто оскуолатын историятыттан /  хомуйан оҥордулар:  Г. Т. Саввина уо.д.а.  –  Дьокуускай,  Көмүөл,  2009. – С. 98 – 102.

***

Гуляев Иван Аммосович  // Кыайыы кынаттаах Албан аат – тыыннаах  /   нэһилиэктэринэн матырыйаалы хомуйууну сүрүннээтэ С.И. Беркина;   ред. И. А. Сивцева.  –  Ытык-Күөл,  «Таатта» хаһыат редакцията АУ,  2015. —  С. 220.

***

 Гуляев Иван Аммосович  //  Үйэлэргэ умнуллубатын  /  хомуйан оҥордулар:  Е. Е. Аянитова,  Т. Д.  Васильева, О. Д.  Осипов;  ред. А. А. Захарова /  —  Дьокуускай:  Көмүөл,  2016.  –  С.  151.