Кононов Коммунар Иванович
(1935-2013 сс.)
Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр 1935 с. төрөөбүт.
1956 сыллаахха С.А. Новгородов аатынан Чурапчы педагогическай училищетын бүтэрэн, алын кылаас учуутала диплому ылбыт.
1956-1959сс. Өймөкөөн оройуонугар пионер баһаатайынан, 1959-1961 сс. Саккырыыр оройуонугар алын кылаас учууталынан үлэлээбит. 1962-1967 сс. Саха государственнай университетын историческай салаатыгар үөрэнэн, 1967 с. туйгуннук бүтэрбит.
1967 с. Алексеевскай оройуон Харбалаах орто оскуолатыгар директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччытынан үлэлээбит. 1968 с. Туора-Күөл, Чөркөөх орто оскуолаларыгар, 1971 с. ССКП Чурапчытааҕы оройуоннай кэмитиэтигэр инструкторынан, 1972 с. Туора-Күөл, Чөркөөх орто оскуолатыгар история учууталынан, Туора-Күөлгэ 1973-1976 сс., 1981-1984 сс. оскуола дириэктэринэн, кэлин история, обществознание учууталынан үлэлээбит. Уопсайа үөрэхтээһин салаатыгар 48 сыл үлэлээбит, ол иһиттэн уонтан тахса сыл оскуола дириэктэринэн, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан.
Политическай үөрэхтээһин иһинэн «Марксизм-Ленинизм» университетын бүтэрбит.
Хайҕанар лектор, пропагандист эбит.
Кэргэнинээн Анна Романовналыын үс оҕону ииппиттэр, барыларын үөрэхтээн, ыал оҥортоон, 11 сиэн эһэтэ, эбэтэ буолбуттар.
Наҕараадалара: «Үлэ бэтэрээнэ», Улуу Кыайыы 60, 65 сс. мэтээллэр, «Старшай учуутал», «Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна», СР «Учууталлар учууталлара», республикатааҕы «Билии» общество «Үтүөлэрин билинии» бэлиэлэр хаһаайыннара, Партия уобаластааҕы комитетын политическай сырдатыы дьиэтин Бочуотун дуоскатыгар тахсыбыт.
Учуутал бастыҥа, киһи кэрэмэһэ
(үөрэннээччитэ Л.Э. Алексеева-Егорова ахтыыта)
Таатта улууһун биир бастыҥ учуутала-айылҕаттан айдарыылаах педагог, Кононов Коммунар Иванович.
Коммунар Иванович оҕо сааһа сэрии ыар сылларын кэмнэригэр ааспыта. Уолчаан кыһалҕаны, аас-туор олоҕу эҥэринэн тэлбитэ. Колхоз ыарахан үлэтигэр күрүлгэн куйааска буспута-хаппыта, тохсунньу тымныытыгар тоҥмута, сордоммута.
Ааспат-арахпат сырҕан бааһы хаалларбыт сэрии ыар сыллара Коммунар Иванович ураты баай дууһатын дьадьаппатахтара, өркөн өйүн саппаҕырбатахтара. Төттөрүтүн сэмэй эрээри кытаанах, эр киһилии чиҥ майгытын чочуйбуттара, дьулууру, тулууру, үтүөҕэ-сырдыкка эрэли эппиттэрэ.
Коммунар Иванович саамай дьоллоох, кэрэ кэмнэрэ, эдэр ыччат биһигэ, Сэргэлээххэ ааспыта. Кини бастыҥ студент, общественник, артыыс этэ. Ансамбльга үҥкүлүүрэ, ыллыыыра, хоһоон ааҕара, чабырҕахтыыра. Кыайбатаҕа, сатаабатаҕа диэн суоҕа. Куруук күөстүү оргуйар күүрээннээх олох инники күөнүгэр сылдьара. Коммунар Иванович студеннаабыт сылларыгар араас таһымнаах фестиваллар, күрэхтэр лауреаттара, дипломаннара буолбута. Кини чуҥкуйар диэни билбэтэ. Олох бары хайысхаларыгар чаҕылхай кыайыылары ситиһэрэ. Коммунар Иванович университеты кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Кинини факультет салалтата, кафедра үрдүк үөрэх кыһатыгар үлэлии хааларга ыҥырбыттара. Аспирантураҕа рекомендация биэрбиттэрэ. Ол эрээри Коммунар Иванович тыа сирин учууталын чэпчэкитэ суох дьылҕатын талбыта.
Элбэх сыл устата үтүө суобастаахтык, айымньылаахтык саха тылын уонна литературатын, история учууталын быһыытынан үлэлээбитэ.
Коммунар Иванович — дьиҥ чахчы таҥараттан талааннаах, айыылартан алгыстаах педагог. Кини киэҥ далааһыннаах сахалыы аан дойдуну анаарар өйдөөх, устар ууну сомоҕолуур ураты баай тыллаах, айар-тутар аналлаах үтүөкэннээх учуутал. Айылҕа ийэбит барахсан эриэккэс эгэлгэ талаанынан Коммунар Ивановиһы сиэдэрэйдик маанылаабыт. Кини бар дьон сөҕүүтүн-махталын ылбыт артыыс, дьиктилээхэй хоһоонньут, чулуу спортсмен, бэртээхэй үҥкүүһүт быһыытынан биллэр.
Таатта талба улууһугар Коммунар Иванович эгэлгэ элбэх талаана кустук дьэрэкээн өҥүнэн чаҕылла оонньообута. Коммунар Иванович хас биирдии уруога саһарҕалыы саҕыллар билии дьоллоох тусаһыта буолара. Киһи аймах сайдыытын дьиктилээх остуоруйатын бииртэн биир түһүмэхтэрэ мэник-тэник уолаттар, күлүүк кыргыттар иннилэринэн ураты дьоҕурдаах учуутал көмөтүнэн, тыыннаах хартыына буола, сүппэт өйдөбүлү сөҥөрдөн ааһаллара.
Коммунар Иванович хас да көлүөнэ ыччаты кылаас салайааччытын быһыытынан улахан олоххо атаарбыта. Биһиги, 20-с выпуск оҕолоро, Коммунар Иванович салалтатынан орто сүһүөх кылаастарга үөрэммиппит. Бу умнуллубат дьикти сыллар этилэр. Коммунар Иванович биһигини хас биирдии күнү кэрэхсэбиллээхтик, чаҕылхайдык атаарарга үөрэппитэ. Оскуола хас биирдии түгэнэ, оҕо саас эриэккэс ситимнэрэ буолан, дьэрэкээн кыраасканан тырымныы оонньообута. Бииртэн биир интэриэһинэй өркөн өй күрэхтэрэ, айар куонкурстар, концертар тиһигин быспакка, саха мандар оһуорунуу дьарҕаалана дьэргэйэ ситимнэспиттэрэ. Хаһан да умнуохпут суоҕа «Кукушка» диэн көрдөөх кэпсээнэ кыайбаты да кыайар, сиппэтэҕи да ситэр аптаах күүһү бэлэхтиирэ.
Улахан да кылаастарга биһиги ханнык баҕарар дьыалаҕа айымньылаахтык сыһыаннаһарбыт, бииртэн биир ситиһиилэнэрбит. Бастыҥ ырыаһыттар, спортсменнар, худуоһунньуктар, уус-уран тыл бастыҥнара биһиги кылааска бааллара. Кини хаһан да үөрэнээччилэрин кытта сибээһин быспат, үөрүүбүтүттэн тэҥҥэ үөрэр, кыһалҕалаах күммүтүгэр өйүүр.
Коммунар Иванович уонтан тахса сыл оскуолаҕа административнай үлэнэн дьарыктаммыта. Кини Туора-Күөл оскуолатын директорын быһыытынан «Манай» үлэ сынньалаҥ лааҕырын аһан үлэлэппитэ. Лааҕыр икки төгүл оҕо производственнай биригээдэлэрин иһигэр САССР уонна РСФСР чемпиона буолбута. История кабинетын тэрийэн, баай методическай матырыйаалы хомуйбута. Кабинет базатыгар бэрт үгүс араас таһымнаах семинардары ыыппыта. Үөрэнээччилэр хас да чинчийэр үлэлэрэ ЯРИУУ биһирэбилин ылбыттара.
Коммунар Иванович үгүс сыллаах үтүө үлэтэ РСФСР үөрэҕин министерствотын, профсоюз республикатааҕы комитетын РПВШНУ грамоталарынан, республикатааҕы «Билии» общество «Знак признания общества» бэлиэтинэн бэлиэтэммиттэрэ. Коммунар Иванович «Старшай учуутал» үрдүк аатын сүгэр. Кини Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» диэн ытык бэлиэ хаһаайына.
УЧУУТАЛБАР
Эриэккэс да дойдуну
Эн биһиэхэ арыйбытыҥ,
Кистэлэҥнээх кэрэ сири
Алҕааҥҥын анаабытыҥ.
Ол дойдуга суохтара
Курус санаа, бороҥ күн.
Аптаах дьикти чуорааннара.
Лыҥкыныыллар өрүүтүн.
Кэнэн, муҥкук санааны
Үргүтэн үүрэллэрэ.
Үтүө ыраас ырыаны
Толорон үөрдэллэрэ.