Киһи аймах историятыгар хаһан да буолбатах алдьархайдаах сэриигэ Сэбиэскэй Сойууска ороспуойдуу саба түспүт фашистскай Германияны кыайан, атын Европа дойдуларын фашизмтан босхолоон, бу уоттаах сэрии сэбиэскэй норуот кыайыытынан түмүктэммитэ. Сэрии Саха сирин хайа баҕарар муннугар олорор хас биирдии ыалы, дьиэ кэргэни таарыйбыта, чуумпу олоҕун аймаабыта.
Сэрии, уот-кураан сылларга нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ хорсуннук сэриилэспиттэрэ, тыылга таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Тапталлаах Ийэ дойдуларын, төрөөбүт төрүт буордарын, иитиллибит алаһа дьиэлэрин, хаан-уруу норуоттарын, аймах-билэ дьоннорун иннилэригэр андаҕардаах ытык иэстэрин тиһэҕэр тиийэ, холобура суох хорсуннук, чиэһинэйдик толорбут дьиҥнээх геройдар ааттара үйэлэр тухары умнуллубат.
Дьүлэй нэһилиэгэр кэлин холбоспут Дьиэрэҥнээх нэһилиэгин олохтоохторун киллэрэн туран, уоттаах сэриигэ 84 чулуу, эдэр дьон ыҥырыллыбыттара.
Аймах-билэ дьоннорун, Ийэ дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин төлөһө сылдьан, биһиги 51 биир дойдулаахтарбыт сэрии толоонугар сырдык тыыннара быстыбыта.
Фашистскай Германияны, милитаристскай Японияны кыайан-хотон, төрөөбүт алаастарыгар 33 буойун эргиллибитэ.
Арҕааҥҥы фроҥҥа 65 киһи ыҥыпыллыбытыттан, 51 киһи кыргыһыы толоонугар охтубута, ол иһиттэн 23 буойун сураҕа суох сүппүтэ.
Германияны кытта сэрииттэн 14 киһи Кыайыы көтөллөнөн, дойдуларыгар эргиллибитэ, ол иһиттэн 10 буойун: Г.Г. Борисов, Е.Я. Ефимов, Н.Г. Осипов, Т.П. Кириллин, И.И. Тимофеев, И.А. Гуляев, Н.Н. Павлов-1, В.Ф. Жараев, М.И. Алексеев, Р.И. Чупров бааһыран, госпиталларга эмтэнэн, сорохторо инбэлиит буолан, төннүбүттэрэ.
38 киһи аармыйаҕа ыҥырыллан, хамыыһыйа быһаарыытынан, сорохторо саастарынан, сорохторо доруобуйаларын туругунан сыыйыллан, Иркутскай, Читинскэй уобаластарга мас кэрдиитэ, дьиэ тутуута, сылгы көрүүтэ курдук ыарахан үлэлэргэ, кытаанах усулуобуйаҕа үлэлээбиттэрэ. Ас-таҥас кырыымчыгыттан, үлэлиир усулуобуйа ыараханыттан үгүстэрэ доруобуйалара айгыраан, дойдуларыгар төннүбүттэрэ, онтон П.Д. Евграфов, А.А. Максимов төрөөбүт дойдуларыгар төннүбэтэхтэрэ.
Онон от-мас бэлэмнээһинэ, сүөһү көрүүтэ, сир үлэтэ уо.д.а үлэлэр кырдьаҕастар, оҕолор санныларыгар сүктэриллибитэ.
Колхоз сүөһүтүн сыл таһаарар туһуттан, от-мас үүммэккэ, ыраах уулаах-хаардаах үрэх бастарынан, оннооҕор Арҕаа Хаҥалас оройуонугар тиийэ, сүөһүнү, сылгыны үүрэн илдьэн, кыстатыы саҕаламмыта. Илиилээх эрэ барыта үлэлиирин эрэйэр күннэр-дьыллар үүммүттэрэ. Кыра оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэҕэ күүс-көмө буолбуттара. Байыаннай кэм ирдэбилэ, үөһэттэн түһэр түһээн син биир кытаанаҕа.
Сут кэлбитин көрөн олорон, республика салалтата «Барыта – фроҥҥа, барытын Кыайыы туһугар» дииртэн атыны билиэн, истиэн да баҕарбата.
Нэһилиэнньэ бэйэтин иитинэр кыаҕыттан тахсыбыта. Ол үрдүнэн, бэл, бэйэтэ бас билэр сүөһүтүн сиирэ бобуулааҕа. Байыаннай заемҥа күһэйэн суруйтарыы саҕаламмыта. Ол курдук, нэһилиэнньэ бастакы байыаннай заемҥа 4945 солк., иккис байыаннай заемҥа 97 киһи-9850 солк., үһүс государственнай заемҥа 58000 солк. суумаҕа суруйтарбыттар.
Колхозтаахтар дохуот аахсар кыахтара суох кэмигэр кэтэх сүөһүнү эһии, нэһилиэнньэ туох ордуктааҕын күүһүлүүр ньыманы ньылбы хомуйан ылыы, государство өттүттэн көмө суоҕа хоргуйууга тиэрдибитэ. «Петр Алексеев» колхозка 1943 с. тохсунньутуттан 1944 с. олунньуга диэри 12 киһи хоргуйан өлбүтүн туһунан Щукин И.П. ахтыыта баар.
«Күүһү түмүү» колхозка Маппыаха балаҕаныгар 1943с. уонтан тахса киһи хоргуйан өлбүтэ биллэр. Бу балаҕан оннугар 2012с. хоргуйан өлбүттэр кэриэстэригэр өйдөбүнньүк сурук туруоруллубута.
Кырыктаах өстөөҕү бары биир санаанан, күүһү-уоҕу, өйү-санааны түмэн, Кыайыыны ситиспиппит. Үйэлэр тухары кинилэр сырдык ааттара умнуллубатын!
Е.Е. Аянитова, Т.Д. Васильева, О.Д. Осипов «Үйэлэргэ умнуллубатын» кинигэттэн