Туйаарыма
Ханна эрэ, хаһан эрэ Самаан сайын үгэнигэр Хатыҥ чараҥ сипсийэрэ, Сылаас салгын илгийэрэ. Онно ыраах сайылыктан Саһарҕалыы сандаарыйан, Санаам курдук унаарыйан, Сахам кыыһа иһэр этэ. Уһун суһуох субуллара, Долгун буолан бураллара, Туналҕаннаах ньуурдаах кэрэ Туйаарыма курдук этэ. Илэ чахчы бэйэтинэн Номох курдук дьиктилээҕэ, Илгэ күөххэ иэйиилэнэн, Имин хаана кэйбит этэ. Хаһан уонна ханна буолтун Хантан… Читать далее »