Улуу байҕал курдук
Киэҥ билиини биэрбит,
Көҥүл күүстээх өйү
Эттээх хааммар иҥэрбит
Күндү учууталбар
Олорор олоҕум тухары
Төлөммөт иэстээхпин.
Эн миигин уһуйбут
Ордук уус тылларгын
Оройдоох бэйэм оройдотон,
Айар хоһооннорбун
Кырааскалаан биэртим.
Ол иһин Эйиэхэ
Үрдүктэн үрдүк
Барҕа махтал буолуохтун.
Үүнэр үйэ ыччаттарыгар
Алгыс тылларынан
Өссө даҕаны тиэрдэ тур.