1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
166 views

«Учууталбар» (К.Н. Аянитова анабыл хоһооно)

Мин көрүүбэр эн хараххар-
Дойдум тыына, таптал тырыма.
Мичээр иҥмит сылаас сүрэххэр-
Дьонуҥ биэрбит дьолун кыыма.

Эгэлгэ дьикти иэйии эн дууһаҕын
Элэҥнээн ааһар үйэлэртэн арчылыыр.
Олоҕуҥ аргыһа буолан тулаҕын
Олоҥхо дойдута куруук арыаллыыр.

Эйиигиттэн тэтим ылан салҕанар,
Эҥээрийэр эһиэкэй кэскилэ түстэнэн,
Этигэн хомустуу дьүрүһүйэ тарҕанар,
Эдэр саас эрчимэ сүрэхтэнэн.

Уоскулаҥы билбэтэх олоҕуҥ түбүгэ,
Уостубут норуотуҥ номоҕун сүтүгэ,
Эн дьолуҥ дьиктилээх түмүгэ,
Эҥсиллэн тарҕаммыт өбүгэҥ үгэһэ.

Саха тыыннаах ийэ кутугар,
Саха тыла сайдарын туһугар,
Оҕо дьоҥҥо силис үүннэрдиҥ,
Олоҥхо тылын-өһүн иҥэрдиҥ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *