1920 сыл бүтүүтүгэр Тааттаҕа маҥнайгы комсомольскай ячейка Чөркөөххө тэриллибитэ. Онно 21 оҕо киирбитэ.
1927 сыл тохсунньу 19 күнүгэр Дэбдиргэ оскуолатыгар Игидэй, Дьүлэй нэһилиэктэр үөрэнээччилэрин уопсай мунньаҕа буолбута. Бу мунньахха Чөркөөх оскуолатыттан кэлбит үөрэнээччи комсомолецтар Игидэй, Дьүлэй союһа суох ыччаттарыгар комсомолга киирэргэ ыҥырыы онорбуттара. Мунньаҕы райкомол бюротун боломуочунайа таб. Сидоров Роман Макарович тэрийэн ыыппыта. Мунньах кэнниттэн уонча уолаттар, кыргыттар комсомол кэккэтигэр үүнэр баҕаларын биллэрбиттэрэ. Нөҥүө күн 20/01 күнүгэр , Дьүлэй нэһилиэгин атын өттүгэр олорор ыччаттары хабан мунньах эмиэ ыытыллыбыта . Кулааҕы кытта охсуһуу, комсомолга үүннэрии ,олохтоох ыччаттар инники соруктара диэн боппуруостар көрүллүбүттэрэ. Сабараанньа кэнниттэн райкомол уурааҕынан 1927 сыл 19/01күнүттэн Игидэй уонна Дьүлэй нэһилиэктэрин хабар Дэбдиргэҕэ кииннээх оскуолатааҕы алын сүһүөх комсомольскай тэрилтэ тэриллибитэ. Комсомольскай ячейка бюротугэр Самуил Иевлев, Сидор Лопатин, Петр Никифоров талыллан комсомол үлэтин салайан, ити күнтэн үлэлэппиттэрэ.
1929 сыл Дьүлэй нэһилиэгэр «Күүһү — Түмүү» диэн колхоз тэриллиитин саҕана Дьүлэй комсомолецтарыттан 1931 с. комсомольскай ячейка тэриллэн үлэлээбитэ. Комсомольскай ячейка секретарынан Борисов Филипп Николаевич үлэлээбит. Кини Чөркөөх оскуолатын бүтэрбит, 7 кылаас үөрэхтээх этэ. Бюро чилиэннэринэн:
1. Борисов Филипп Николаевич-секретарь;
2. Кириллов Петр Никитич;
3. Нехчоенов Василий Максимович;
4. Щукин Никифор Григорьевич;
5. Тимофеев Егор Романович үлэлээбиттэрэ. Дьүлэйдээҕи комсомольскай ячейка Советскай олох сайдарын туһугар маннык үлэлэри ыыппыта:
1.Кулааҕы кытта өйүнэн-санаанан охсуһуу,кулааҕы кылаас быһыытынан эһии, антиреволюционнай агитациялары бопсуу.
2.Нэһилиэк түһээннэрин, харчы хомуурун, дьиэттэн хотону араарыы, улахан дьону үөрэхтээһин,колхозка дьону өй-санаа өттүнэн иитии.Ол курдук, лекциялары оҥоруу, уопсай мунньахтары тэрийэн ыытыы ордук күүскэ ыытыллыбыттара.
3.Колхозка дьону агитациялааһын, өйдөтүү үлэлэр.
4.Нэһилиэнньэҕэ тэриллибит ааҕар балаҕан сырдатар-үөрэтэр үлэтигэр актыыбынайдык кыттыы.
5.Ыччаты иитии — комсомольскай ячейка сүрүн боппуруоһунан турбута.
6.Колхоз баайын-дуолун харыстааһыҥҥа актыыбынай кыттыыны ылбыттара.
Холобур:
1.Дьиэрэҥнээхтэн кэлбит Бочоох уола диэн киһи колхозка киирэн баран, колхоз бурдугун уорбута ячейканан тутуллубута.
2.Харлампьев Василий колхозка өһүрэн, оттонор ходуһалары уонна кур оттору уоттаан эрдэҕинэ, маҥнайгы комсомолец, комсомольскай ячейка чилиэнэ, Нехчеонов Василий Максимович туппута.
Комсомольскай ячейка таһаарар истиэнэтин хаһыата баайдар колхоһу атахтааччылар күннэтэ тугу оҥорбуттарын норуокка көрдөрөрө. Итинэн истиэнэ хаһыата-классовай охсуһуу биир сүрүн орудиетынан буолбута. Хаһыат итэҕэһи, быһаҕаһы, хаалыыны, сайдыыны барытын кэпсиирэ,биир сыалга санааҕа түмэрэ.
Дьүлэй нэһилиэгэр колхозтары тэрийиигэ комсомолецтар, ыччаттар аан маҥнай бэйэлэринэн тус үтүө холобурдары көрдөрбүттэрэ. Ол курдук, Борисов Илья Тихонович колхозка киириигэ туох баар кэтэх сүөһүтүн барытын уопсайдаабыта. Маҥнай тэриллиигэ колхоз дохуота суоҕа инньэ гынан, алта ый устата хамнаһа суох Борисов Илья Тихонович түүнүн-күнүһүн биирдэ олорон турбакка колхоз туһугар үлэлиирэ.
Седалищев В.В. колхознай тутулга 1933-1934сс. дьону киллэриигэ улахан агитационнай өйдөтөр үлэни ыыппыта.Салайар үлэҕэ дьоҥҥо холобур буолар гына үлэлээбитэ. Бэйэтэ сэттэ кылааһы бүтэрэн баран, төрөөбүт дойдутугар нэһилиэк Сэбиэтэ күһэйиитинэн үөрэххэ барбакка суруксутунан хаалан, элбэх сыл устата үлэлээбитэ.
Нехчоенов Василий Максимович – комсомолец, уруккута баай ыал хамначчыта, Советскай былаас буолбутун кэннэ баайдартан үҥсэн ылбыт сүөһүлэрин барытын үөрэ – көтө колхоһу тэрийиигэ ис сүрэҕиттэн сөбүлээн уопсайга укпута уо.д.а. Дьүлэй нэһилиэгин комсомолун бойобуой суола мантан саҕаламмыта.
1933 с. Игидэй уонна Дьүлэй нэһилиэктэригэр иккиэннэригэр тус-туспа оскуола аһыллар буолан, комсомольскай тэрилтэ арахсыбыта. Инньэ гынан, 1933-1934 үөрэх дьылыгар Дьүлэйдээҕи маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ Тордохтоох оскуолатыгар тэриллибитэ. Бу комсомольскай тэрилтэҕэ уонча уолаттар, кыргыттар бааллара. Дьүлэй нэһилиэгэр комсомольскай тэрилтэ тэриллиэҕиттэн ыла комсомольскай тэрилтэ сүрүн болҕомтону ыччаты иитиигэ, колхоз салайар үлэтигэр, эдэр ыччаттан үлэһити үүннэриигэ уурбута. Ыччаттан комсомолга н/совета ыытыллыбыта. Холобур: Нехчеонов В.М. Чурапчы оройуонугар тракторист курсугар үөрэнэ барбыта. Бу дьыл үөрэҕин туйгуннук бүтэрэн кэлэн, оройуон үрдүнэн үс трактор кэлбититтэн биирин ылан, дойдутун буорунан хаамтаран, аан маҥнай бурдук астатан, мас солотон төрөөбүт дойдутун дьонноругар көрбөтөхтөрүн көрдөрөн, билбэтэхтэрин биллэрэн, сүрдэрин көтөҕөн, санааларын аһан олус диэн үөрпүтэ. Советскай олох маҥнайгы тимир тэрилин дьоннор кырдьык да сөҕө, таптыы көрбүттэрэ. Бу кэмҥэ колхозка киллэрии агитацията күүскэ бара турара. Ол да иһин буолуо: уруккута кыра колхоз 10 төгүл улааппыта. Тыа сирдэригэр колхозка киирии, колхозтары бөдөҥсүтүү кэннилэриттэн колхозтаахтар олохторо тосту көммүтэ. Манна комсомольскай, партийнай тэрилтэлэр көҕүлээһиннэринэн улахан дьону үөрэхтээһин оскуолата үлэлээбитэ (Ликбез). Нэһилиэнньэ эдэр араҥата, ыччаттар, үөрэххэ хабыллан үөрэммиттэрэ. Культурнай-маассабай сынньалаҥ правлениятын уонна комсомол салайыытынан үрдүк таһымҥа үүммүтэ. Нэһилиэнньэҕэ сырдатар үлэни тэничээттинэн ыччат комсомол буолбута. Дьэ итинник, үлэлээн-хамсаан кэлин бэрт аҕыйах сылынан нэһилиэги салайар үлэһиттэр-дьиҥнээх партиецтар үүнэн тахсыбыттара.
Партияҕа үүммүттэрэ:
1.Васильев Гаврил Елисеевич-кэлин с/советка уһун сыллар устата үлэлээбитэ.
2.Нехчеонов Василий Максимович-бу кэмнэргэ үчүгэй биригэдьиир быһыытынан биллэн, тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөҕүүгэ ахсаабат күүһүн биэрэн, кэлин партияҕа киирэн колхоз солбуйар председателигэр тиийэ үүммүтэ.
3.Борисов Илья Тихонович-ыччаттан быһа партияҕа үүммүтэ. Кини партияҕа үүнүөр диэри, син биир комсомолецтар курдук саҥа олоҕу тутууга активнай кыттыыны ылбыта, кулааҕы эһиигэ, колхоһу тэрийиигэ умнуллубат үтүө үлэни ыыппыта. Кэлин колхоз правлениетыгар салайар үлэҕэ уһун сыллар устата үлэлээбитэ.
Саха сиригэр маҥнайгы улахан промышленность сайдар киин сиригэр Незаметнайга Щукин Никифор,Тимофеев Николай Семенович комсомол путевакатынан көмүс шахтатыгар үлэлии барбыттара.
Бүтүн Саха АССР үрдүнэн колхозтар ыччаттара,комсомолецтара, тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөҕүүгэ 1934-1936сс. улахан өрө күүрүүлээх космомольскай вахтаҕа турунан үлэлээбиттэрэ.
Дьүлэй нэһилиэгин «Күүһү-Түмүү» колхоһугар комсомолец Васильев Г.Е. биригэдьиирдээх ыччат-комсомольскай бригадата тэриллэн үлэлээбитэ. Бу биригээдэ 14 чилиэннээҕэ. Кинилэр 6 булуугунан,1 сеялканан 55,6 га сири 5 хонук устата бурдук ыһыытын бүтэрэргэ сорудах бэриллибитин ыччаттар күргүөмнээхтик үлэлээннэр 4 хонук устата ыһан бүтэрбиттэрэ. Күһүнүн бу сиртэн 644 центнер толуу туорах бурдугу колхоз дохуотугар киллэрбиттэрэ. Сайынын от хомууругар бу биригээдэ 476 га сири өттөөн 667 тонна оту, 105 тонна сиилэһи 55 хонук устата үлэлээн сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ Республика үрдүнэн бастаабыта. Маны таһынан бу ыччат биригээдэтэ 3000тонна кирпииччэни үктээбитэ, 20 км. усталаах буолаҕы туппута, 210, 60, 160 сүөһү киирэр хотоннорун ремоннаабыт. Комсомолец Васильев Г.Е. тэрийэн, салайан үлэлэппит ыччат комсомольскай бригадатын үлэтэ 1936 сыллаахха Республика үрдүнэн бачыым быһыытынан киэҥник биллибитэ. 1936с. Дьүлэйдээҕи м/с комсомольскай тэрилтэни Обкомол тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөҕүүгэ производствоҕа ситиһиилэрин Бочуот грамотатынан наҕараадалаабыта.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ элбэх комсомолецтар, эдэр ыччаттар фроҥҥа барбыттар. Дьүлэй нэһилиэгэр эр киһи диэн орпотоҕо. Бу олох ыарахан сылларыгар колхозтарга Гуляев И.А., Бояров А.Н. председателлэринэн үлэлииллэрэ. Ыар дьылларга сүрүн күүһүнэн аҥардас дьахталлар, оҕолор буолбуттара. Холобур: Гуляев Р.А. сэрии кэмигэр күнү суруйааччынан үлэлиирэ, онтон хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ бэрт кыра саастаҕа. Быыкаайык Захаров П.И. аҕата армияҕа баран колхозка бэрт кыра сааһыгар оскуолатын хаалларан үлэлиир буолбута. Маннык оҕолор элбэх этилэр. Ол курдук, Осипов П.И., Васильевтар, Павловтар уо.д.а. Бу кэмнэргэ маҥнайгы комсомолецтартан Нехчеонов В.М. хонуу биригэдьииринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.Түүннэри-күннэри колхоз үлэтэ тохтубатын туһугар көстөөх сирдэринэн учааскаларга, звеноларга сатыы, аччык сылдьара.
Борисов Илья Тихонович партия ыйыытынан обкомҥа үлэҕэ киирбитэ, онтон хоту Жиганскай райкомар үлэҕэ ыытыллыбыта. Сэрии ыарахан кэмигэр маҥнайгы комсомолецтартан дойдуга хаалбыт өттө сэрии иккис фронугар кураан, сут кэмигэр инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олоҕу, колхоһу тутан олорбута. Онтон ким фроҥҥа барбыт Ийэ дойду иһин дууһаларын толук ууран үксүлэрэ эргиллэн кэлбэтэҕэ. Сэрии хонуутуттан ким өлүүнү кыайбыт төннүбүтэ. Ол курдук, Алексеев М.А., Чупров Р.И., Кириллин Т.П., Гуляев И.А. сэрии ыар сылларын кэнниттэн Дьүлэйдээҕи м/с комсомольскай тэрилтэ «Күүһү-Түмүү», «П.Алексеев» колхозтары холбуур, партия сокуоннарын олоххо киллэрэр,колхоһу бөдөҥсүтэр сорук сүктэриллибитэ. Бу соруктары нэһилиэк советын председателя Васильев Г.Е., коммунист Борисов И.Т. активнайдык тэрийэн, үгүс мөккүөрдээх үлэ кэнниттэн олоххо киллэрбиттэрэ. Дьүлэй нэһилиэгин «Күүһү -Түмүү», «П.Алексеев» аатынан колхозтарын 1950 сыл 23/02 уопсай мунньахтарынан бу колхозтар холбоһоннор «П.Алексеев» аатынан бөдөҥсүйбүт колхоз буолбуттара. Правление чилиэннэринэн үксүлэрэ маҥнайгы комсомолецтар уонна кэлин киирбит комсомолецтар талыллыбыттара.
Сэрии ыар сылларын содула барыта ааспыта. Олох сайдан испитэ. Олоххо сайдыыны киллэрэр комсомол үтүө аата ордук убаастанар буолбута. Дьүлэй нэһилиэгэр 1950 сылга диэри аҥардас комсомол сылга орто үүнүүтэ 10 киһи буолара. 50-с сылларга партия комсомолга туруорбут соруктарын толоро Дьүлэй нэһилиэгин комсомолецтара тыа хаһаайыстыбатыгар, электрификацияҕа, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ сүрүн күүстэрин ууран үлэлээбиттэрэ.
1957с. колхоз председателинэн Жирков С.Г. талыллыбыта. Кини Кэбээйи оройуонугар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөн баран тулаайах хаалан, комсомолга, партияҕа иитиллэн үлэһит буолбута. Кини ыччаты, комсомолу түмүүгэ, үлэҕэ көҕүлээһиҥҥэ сүрүн болҕомтотун уурбута. Ыччат биригээдэлэрэ, звенолара, фермалара бастыҥ комсомол ыччаттар Федулова А.В., Туласынов И.В., Васильев В.Р., Гуляев Р.А. көҕүлээһиннэринэн тэриллэн, сыл аайы үлэлээбиттэрэ. Тыа хаһаайыстыбатын аҕыйах сыл иһигэр балайда үрдүк таһымҥа өрө таһаарбыттара, маны кытта сэрии кэнниттэн дьон-сэргэ олоҕо быдан тупса түспүтэ. Бу көлүөнэ комсомол көҕүлээһининэн уонна колхоз председателэ Жирков С.Г, нэһилиэк советын секретардара Борисов И.Т, Неустроев В.С. тэрийиилэринэн «П Алексеев» колхоз киинэ «Туора-Күөл» оройуон, Республика үрдүнэн үлэҕэ-хамнаска олоххо бастаабыта. Дьүлэй нэһилиэгин комсомолун, ыччатын үлэтэ Советскай олоҕу тутууга бастыҥ бачыым быһыытынан республика үрдүнэн биллибитэ. Жирков С.Г көҕүлээһининэн манна аан маҥнай толору механизированнай хотон тутуллубута. Бастакыннан агроном Федулова А.В. 1 га сиртэн 1,2 тонна бурдугу хомуйбут. Манна оһорбо сири туһаҕа таһаарыы, айылҕа уутун тохтотуу, дулҕа үрэҕи ходуһа оҥоруу, типовой бөһүөлэги тутуу комсомол ыччат күүһүнэн олус күүскэ барбыт. Сайыҥҥы сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ механизированнай, полумеханизированнай звенолар тустаах былааннарын аһары толорон, үчүгэй хаачыстыбалаах оту совхозтарыгар туттарбыттара. Ол курдук, Р.Т.Осипов салайааччылаах ыччат механизированнай звенота Республика5а 2 миэстэни ылбыта. Звеноҕа: Терентий Егоров, Констанин Щукин, Иван Павлов уо.д.а .үгүс сыраларын биэрбиттэрэ. Кинилэр дьулуһан туран үлэлээбиттэрэ. Оҕо иитиитигэр комсомолкалар А.Бакрамова, Д. Слепцова, В Жараева, Р.Васильева уо.д.а үгүс сыраларын биэрэллэр. Кинилэр оҕо доруобай, үөрэхтээх, үчүгэй киһи буоларыгар бары күүстэрин уураллар. Олохтоох почта үлэһиттэрэ В.И.Ленин юбилейын көрсө сыллааҕы былаанарын аһары толордулар. Е.Васильева., И.Павлова, С.Платонова нэһилиэнньэҕэ сонуну кэмиттэн кэмигэр тиэрдэн иһэллэр. Биһиги нэһилиэкпитигэр тэрилтэлэринэн художественнай самодеятельноска активнай кыттыыны ылаллар. Комсомол чилиэннэрэ, ыччаттар М.Павлова, М.Ермолаева, Н.Слепцов., И.Борисов, Н.Аянитов, Е. Огочуяров уо.д.а.
Спортка биһиги нэһилиэк син барсарбыт. Ол курдук, ааспыт сайын ыытыллыбыт спартакиадаҕа биһиги отделение 2-с миэстэ буолбуппут, боксаҕа эмиэ 2-с миэстэ буолбуппут. Биһиэхэ бэрт үгүс талааннах спортсменнарынан буолаллар: Н.Григорьев, В. Седалищев, К. Щукин, Т.Егоров, К. Васильев, А.Бакрамова уо.д.а.. Ыччаты комсомолга үүннэрии үлэтэ бу икки сыл устата балачча барда. Ол курдук, биһиги бастыҥ тоҕус ыччаппыт 6 уордьаннаах Ленинскай комсомол кэккэтигэр киирбиттэрэ. Партия кэккэтигэр биир бастыҥ комсомолец үүннэ. Сылын аайы агитатордар, дружинниктар, политинформатордар тэриллэн үлэлииллэр. Бары комсомолецтар общественнай үлэлэргэ активнайдык кытталлар, общественнай үлэлэри толороллоро.