1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
308 views

Сэтинньи ый — Байанай ыйа

БАЙАНАЙ АЛГЫҺА

Баай Байанай — хара тыа иччитэ. Тыа, ойуур көтөрүн-сүүрэрин олоччу бас билэр, сүдү күүстээх, олус улахан иччи. Кини дьонтон кэһиини-тутууну эрийимтиэ. Кини кыраҕа даҕаны олус үөрүнньэҥ, бэрт сайаҕас, сайдам майгылаах. Үөрдэҕинэ-көттөҕүнэ, санаата көнньүөрдэҕинэ булчут киһиэхэ олус дьэллэм идэлээх, хара тыа ханнык эрэ хонноҕор түбэһиннэрэн, элбэх булду-алды, аһы-үөлү «тэбэн биэриэн» сөп.
Булчуттар Баай Байанайы ытыктыыллар. Кинини хомотумаары бултуу сылдьан түбэһиэх көтөрү-сүүрэри ыппаттар, оту-маһы алдьаппаттар, харса-хабыра суох тылласпаттар.
Былыр булчут тайҕаҕа ыраах бултуу барарыгар дьиэтигэр-уотугар кыра малааһын тэрийэрэ,итиэннэ аал уотугар анаан ас биэрэ-биэрэ алгыс этэрэ:
Аал уотум иччитэ
Бырдьа бытык,
Кыырык төбө
Хатан Тимиэрийэ,
Аһаа-сиэ!
Күлүм аллай!
Мичик гын!
(Уотугар ас биэрэр).
Байдам тутуу,
Бары кэскил
Баай Барыылаах,
Тойон эһэккээм,
Эйиигиттэн дьолу-соргуну
Көрдөһөр күнүм күһэйдэ,
Айах тутан
Ааттаһар күнүм ананна.
Хара тыам барахсан
Харайа турдун,
Үрүҥ-хара түүлээҕиттэн
Үүрэн-түрүйэн аҕалан
Барар-кэлэр сирбэр
Саарбаны, саһылы тоһуйдун.
Булт үтүөтүн тосхой,
Аһаан сиэн чалларый,
Күлүм гын, мичик гын!

БУЛЧУТ СИЭРЭ-ТУОМА

Саха киһитэ булчут. Үтүө, көнө майгылаах, үөрүнньэҥ, сайаҕас, сайдам киһи үтүө булчут буолар. Булчут киһи бэйэтин туһунан мээнэ кэпсэммэт, киһиргэммэт. Сир-дойду, көтөр-сүүрэр туһунан айахха киирбиччэ мээнэ тылласпат. Ол эрээи сылбырҕа, мүччүргэннээх кэмҥэ уолуйбат, киэҥ, холку көҕүстээх, наада буоллаҕына быһаарыныылаах, күүстээх-уохтаах, сырыыны-айаны тулуйар, хорсун, эр санаалаах буолар.
Булчут тыаҕа сылдьарыгар сиэри-туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах.
Булчут бэйэтин эрэ иннин көрүнэрэ сатаммат. Булт кэнэҕэһин даҕаны үөскүү-төрүү турарыгар кыһаныахтаах. Чугас аймаҕыҥ өлбүт буоллаҕына, бултууруҥ, киһиҥ түөрт уон хонуктаах ахтыыта ааһыар диэри, тохтуохтаах.
Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду эккирэтэр сатаммат. Оччоҕо булдуҥ ханнар, көтөр-сүүрэр эйиигиттэн тэйэр.
Булчут өлөрбүт, бултаабыт булдун хайаан даҕаны туһаныахтаах, сытытыа-ымытыа суохтаах. Ол иһин чугастааҕы ыалларыгар бэрсиэхтээх, үллэстэн сиэхтээх.
Атын булчут сэбигэр-сэбиргэлигэр (туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр) киирбит булду ыйытыыта, көҥүлэ суох ылыа суохтаах.
Улахан булка (эһэҕэ, тайахха уо.д.а.)сылдьар булчут куобаҕы, мас көтөрүн уо.д.а. бытархай булду көрдөҕүнэ да бултаспат, көннөрү айаҕар сөп буолар гына бултуон сөп.
Күөстэнэр буоллахха Баай Байанайтан көрдөһөн уокка ас бэриллэр. Онуоха маннык алгыс этиллэр:
Баай хара тыам иччитэ
Баай Барыылаах тойон!
Тоҥмот тобук сыалаахта,
Бүөрбэт бүтэй сыалаахта
Суолбутугар тосхойон кулу.
Аһаан-сиэн чалларый!
Күлүм аллан мичилий!
Идэтийбит булчуттар бултуур сирдэригэр, олохсуйар отууларыгар, кыстыыр үүтээннэригэр тиийдэхтэринэ, аал уоттарын оттон, чаанньыктарын өрүнэн, күөс буһарынан, остуол тардан субу курдук алгыыллар:
Үрүйэлэр, үрэхтэр
Үтүө иччилэрэ,
Хара тыалар
Хаарыаннаах иччилэрэ,
Иэччэхтээх бэйэм
Имиллэн олорон,
Аал уотунан айахтаан
Аһаттаҕым буоллун!
(Ас биэрэр)
Кутаа уотунан куолайдаан
Иһэттэҕим буоллун!
(Кымыс кутар)
Истибэт да буолларгыт
Истэ сэҥээрин,
Көрбөт да буолларгыт
Көрөр курдук буолуҥ!
Хара тыабар
Хаамар ыллыктааҥ!
Салыҥнаах ытыстааҥ!

(В.Н. Сивцев хомуйан оҥорбут Булчут кинигэтиттэн)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *