1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
184 views

«Олоҥхо уонна Хомус» декадата

Ахсынньы 2 күнүгэр,»Төрөөбүт тылгын, дойдугун төһө билэҕин?» ТОК- оонньууга 6 хамаанда, 6 түһүмэхтэн турар күрэххэ кыттыыны ыллылар.
— «Түргэн ыйытык-түргэн хоруй»
— «Дьүлэй сирин устун айан»
— «Саха литературата»
— «Тылы таһаар»
— «Мэтириэти таай»
— «Бу тугуй?»
Түмүккэ:
1 миэстэ — Аянитова Е.Е., Васильева М.П., Попова Х.Н. састааптаах «Күндүүнэ» хамаандата.
2 миэстэ — Никитин Н.Н., Кузьмина В.В., Хаптагаева С.И. састааптаах «Детсад» хамаандата.
3 миэстэ — Никитин А.Н., Ефимова Л.В., Егорова А.И. састааптаах «Дьаһалта» хамаандата буоллулар.
«Бастыҥ оонньооччу» анал ааты ылла Анатолий Никитин.
Кыайыылаахтар «Аартык» краеведческай клуб, «Сайдам» НАДЬ оҥорон таһаарбыт, Дьүлэйбит айылҕатын кэрэ көстүүтүн көрдөрөр, Аянитова Клавдия Николаевна түһэрбит хаартыскалардаах арыллар халандаардарынан, кинигэлэринэн, сурунаалларынан, грамоталарынан наҕараадаланнылар. Бары кыттыбыт дьоҥҥо «Кэрэхтээх» алааспыт кэрэ көстүүтэ магнитиктар туттарылыннылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *