1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
385 views

ТАҤХА КҮННЭРЭ


Таҥха киэhэтэ саҕаланна
Барҕаланыы, түстэнии Таҥха хаантан тутулуктаах диэн сахалар өйдүүллэрэ. Таҥха – Күрүө Дьөһөгөй Айыы сэттэ ини-биилэриттэн биирдэстэрэ. Таҥха ааспыты аттаран, былыргыны ырытан, билиҥҥи олоҕу кытта тэҥнии тутан, кэнэҕэски кэлэр кэмнэри кэскиллээн көрөр улаҕалаах өйдөөх таҥара диэн саха билиҥҥи чинчийээччилэрэ быһаараллар.

Таҥха кэмэ тохсунньу 7 күнүттэн – 19 күнүгэр диэри салҕанар. Ороһуоспа күн уот оттооччу сүллүүкүттэр тахсаллар. Оттон 9-11 чыыһылаларга кэргэттэрэ, оҕолоро-уруулара, кырдьаҕас өттүлэрэ, кыамматтара тахсаллар диэн баар. Кинилэр ойбонунан тахсаллара дуу, биитэр күөл мууһун хайа анньан дуу, биитэр курдат тахсаллара дуу – биллибэт. Ким да сүллүүкүттэр күөлтэн тахсан эрэллэрин көрбөтөх. Аны бу кыылларыҥ көтөх муҥунан харчылаах буолаллар, сорохторо куулунан сүгэ сылдьаллар диэн норуот номоҕо кэпсиир. Уоттарын оттон баран уонча хонугу быһа сытан эрэн хаартылыыллар, сорохторо сибиэһэй салгыны ыймахтыы-ыймахтыы дэриэбинэни, алааһы, тыаны кэрийэллэр, эргэ өтөхтөрү буулууллар. Ол иһин сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр сууйуллубут таҥаһы таһырдьа ыйаабаттар. Сүллүүкүн таҥас нөҥүө киһи кутун таарыйар диэн аньыырҕыыллар. Оччоҕуна ол киһи улаханнык ыалдьыан, моһуогуруон сөп. Таҥха иһиллиир диэн көннөрү сэрэбиэйдэнэрдээҕэр чыҥха атын. Таҥхалыыр киһи ый инниттэн биилээҕи-уһуктааҕы туппат, улаханнык саҥарбат, онно-манна кэлбэт-барбат.

Сүллүүкүн диэн тугуй?

Дьиҥэр, биһи сүллүүкүн диэн хайдаҕын билбэппит. Остуоруйаҕа көрөн, нууччалартан истэн, абааһыга майгынныыр сибиинньэ муруннаах, муостаах, туйахтаах, кутуруктаах, уопсайынан, киһитэ да, сүөһүтэ да биллибэт баҕайыны саныы түһэбит. Саха сүллүүкүнэ, дьиҥэр, муоһа, кутуруга, туйаҕа суох. Баҕа курдук дьаллайбыт айахтаах, үксүгэр тараҕай эбэтэр уу салахайа баттах дуомнаах буолара эбитэ үһү.
Сүллүүкүттэр тахсар кэмнэригэр халлаан биллэрдик тымныйар. Тохсунньуга сүллүүкүттэр тахсан үөр-сүүрүк тардыалаһар кэмнэригэр, абааһылар аймахтаһар ыйдара диэн уруурҕаһыыны оҥорботтор этэ. Сүллүүкүн тахсар кэмигэр ханнык да таҥаһы таһырдьа ыйаабаттар. Таҥастаах киһи кутун-сүрүн сүллүүкүттэр илдьэ бараллар диэн. Эргэ саҥа дьыл кэлиэн үс хонук инниттэн кыыһырсыа, этиһиэ, үөхсүө, мордьооттоһуо, уоруо-талыа, куһаҕаннык тыллаһыа, аньыыны оҥоруо, киһини хомотуо суохтааххын. Манна этиллибити этириэс кэстэххэ, Саҥа дьыл саҕаланыаҕыттан онтон-мантан боруоктаһа, уордайа, дьону кэлэтэ эрэ сылдьар буолаҕын.

Ороһуоспа киэһэ аан бастаан үлэһит сүллүүкүттэр тахсаллар. Олор тахсан уот оттоллор, кэлин үс-хас хонугунан сүллүүкүн бииһин-ууһа бүтүннүүтэ оҕолуун-аймахтыын үлтү сүөкэнэн тахсар үһү. Сорохтор сүллүүкүн тахсаатын кытта сэрэбиэйдэнэри боболлоро, “үлэлии тахсыбыт үөдэттэри сүгүн үлэлэт” диэн буолара. Оттон сорохтор этэллэринэн, үлэһит сүллүүкүттэр саамай кырдьыктаах билгэлээһини оҥороллор эбит. “Оҕолоро-аймахтара таҕыстахтарына, ый-хай быыһыгар сүгүн сэрэбиэй тахсыбат” дииллэрэ.

Боростуой тэриллэринэн судургу таҥхалааһын

Маннык судургу ньымаларынан хайа баҕарар билиҥҥи саха киһитэ олоро түстэ да таҥхалаабытынан барыан сөп диэбиппитин талан ылан таһаарабыт. Ама, хайабытын долгуппат буолуой, бэйэлээх бэйэбит инникибит?

Буосканы таммалатыы

Уулаах иһиккэ чүмэчи ууллубут сыатын таммалатаҕын, онно түспүт ойуу-бичик үүммүт сылга туох күүтэрин таһаарыа.

Күлүгү таайыы

Биир сирэй кумааҕыны алҕыы-алҕыы үлтү кумалыыгын. Кумааҕыгын тимир бодунуоска, ол эбэтэр эт кырбыыр дуоскаҕа сытыаран баран уот анньан кэбиһэҕин. Кумааҕы умайан бүппүтүн кэннэ, хаптаҕай истиэнэҕэ эбэтэр оһох кэннигэр чүмэчи сырдыгынан сирдэтэн араас күлүгү көрөҕүн.

Аналгын буларгар

Дьэҥкир ыстакааҥҥа улахан ортотунан уута кут, ол түгэҕэр ол-бу тааһа суох кыһыл көмүс көлөөскөнү тимирт. Ыстакааны аҕалан күллээх бүлүүһэ үрдүгэр уур. Дьэ, уонна оҥостон олорон көлөөскөҥ иһин манаа. Көлөөскө иһигэр тугу көрбүккүн кимиэхэ да кэпсиэ суохтааххын.

Миинньигинэн билгэ

Түүн уон икки чааһы ааһыыта муоста харбыыр миинньиккин сулбу ойутан таһааран күрдьүккэ таҥнары кэтэрдэн кэбиһэҕин уонна аттыгар туран эрэ баҕа санааҕын ботугураан этэҕин. Сарсыарда сырдаатаҕына тахсан көрөҕүн. Миинньик сууллан хаалбыт түгэнигэр баҕа санааҥ туолбат, иҥнэйбит буоллаҕына ыарахаттардаах соҕустук туолуон сөп, оттон көбүс-көнөтүк, хайдах туруорбутуҥ курдук, ханталлан турар буоллаҕына бэрт буолсу, баҕа санааҥ туолууһу.

Кинигэни ааҕыы

Арыый да баай ис хоһоонноох нууччалыы да, сахалыы да кинигэни талан ылаҕын. Кэннин кыратык чүмэчигэ хоруордаҕын. Ол аата ыраастаатаҕыҥ диэн буолар. Кинигэни алҕыыбыт: «Кинигэ иччитэ инники олохпун быһаарарга көмөлөс, суолбун солоо, инникибин сырдат». Боппуруоһу ботугураан баран хараххын симэн туран түбэһиэх сирэйи арыйаҕын, түбэһиэх этиини сөмүйэҕинэн ыйаҕын. Дьэ, манна ардыгар уот харахха, ардыгар ырааҕынан эргитэр таайтарыылаах эппиэт тахсааччы.

Арыый да ыарахан таҥхалар

Былыр өбүгэлэрбит куттамсаҕа суох этилэр. Абааһы арааһа иччи эгэлгэтэ дугуйданар быраҕыллыбыт ампаарга, хоспоххо, өтөххө баран таҥханы иһиллииллэрэ.

Сылгы кэпсэтэрин иһиллээһин

Таҥха киэhэтэ

Таҥхаһыт эрдэттэн оҥостон тахсан кыбыыга оту бүрүнэн сытынан кэбиһэр. Түүн кини сытар сиригэр икки аты аһата баайаллар. Биир ат хаһаайын киэнэ, биирэ ыраах айантан кэлбит ыалдьыт ат буолуохтаах. Аттар кэпсэтиэхтэрин иннинэ аан бастаан кинилэр кэпсэтиилэрин иһиллии сытар киһи баар буолуо диэн, дэлби кырыыллар-таныйаллар үһү, онтон дьэ, эрдийэн киһилии кэпсэтэн, сахалыы саҥаран бараллар. Аттар кэпсэтиилэрин иһиллиир киһи баарын биллэрдэҕинэ, били кырыыстара тиийэр дииллэр. Оттон биллэрбэтэҕинэ, барыта этэҥҥэ ааһыа үһү. Аттар арааһы барытын кэпсэтэллэрэ. Бу ыалга сыһыаннаах дьон-сэргэ салгыы хайдах олоруохтарын, төһө үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буолуохтарын барытын сабаҕалаан көрөллөрө, биттэнэллэрэ, билгэлииллэрэ дииллэр.

Аныгы ньыма: киһи аттар кэпсэтэн бүппүттэрин кэннэ, баҕарбытын истэн баран, түүннэри от анныгар тоҥо сыппакка, дьиэлээхтэргэ суотабай төлөпүөнүнэн смс ыытыан сөп эбит. Оччоҕо дьиэлээх киһи тахсан аттары атын сиргэ илдьэн баайталаабытын кэннэ, били иһиллээччибит туран дьиэҕэ киирэр.

Сэргэ кэпсээнин истии

Сэргэни иһиллиир хас да ньыма баар. Биирэ, икки бүргэһи тутан баран тэлгэһэҕэ турар сэргэни «кулгаахтара бу буолуо» диэбит сиргинэн батары анньаҕын уонна кууһан олороҕун. Оччоҕуна сэргэ түллэҥнии түһэн баран туойбутунан барар үһү. Иккиһэ, сэргэ аттыгар тахсан куобах суорҕанынан үллүнэн, били ойбон таһыгар иһиллиир курдук олоруохтааххын. Ол олордоххуна чочумча буолан баран аттаах киһи кэлэн (аттаах сүллүүкүн эбитэ дуу?) торуоскатынан оройго тос-тос охсор. Ону тулуйдаххына, атын сэргэҕэ баайар уонна кэпсиир үһү. Былыр Амма улууһугар биир оҕонньор мэлдьи сэргэ кэпсээнин иһиллиирэ үһү. Сэргэтэ балаҕанын чугаһыгар үрэх үрдүгэр турар эбит. Оҕонньор кэпсээнэ сыл аайы туолан иһэр эбит. Арай биирдэ сиэнэ кыыс таҥхалата илдьэ барарыгар көрдөһөн сулуй да сулуй буолан, эһэтин тылыгар киллэрэн барсыбыт. Тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэн иһиллии олорбуттар. Чочумча буолан баран аттаах киһилэрэ тиийэн кэлбит. Кыыс куттанан, өрө сарылыы түспүт. Сонно тута ат тыаһа туох да суоҕун курдук мэлис гынан хаалбыт. Хайыахтарай, дьиэлэригэр төннөн кэлбиттэр. Ол кыыс хойут улаатан, кырдьан олорон сиэнигэр кэпсээбит. Сиэнэ билигин бэйэтэ кырдьаҕас киһи. Ол аата, ити түбэлтэ 6-8 көлүөнэ анараа өттүгэр буолбут диэн сылыктыахха сөп.

Үс атахтаах мас остуолу сүүрдүү

Былыр бу дьарыгы анал идэтийбит киһи эрэ сүүрдэрэ. Аны туран остуол сүүрэр ыалын сотору эстэр ыал дииллэрэ. Үс атахтаах, хатыҥтан оҥоһуллубут былыргы остуолу сирэйин уокка сырайан туран, сыанан ньалҕарытан баран анал алгыһы этэллэрэ. Оччоҕуна остуол өрө тиргиллэ түһэн баран сүүрэн батааккайдаммытынан барар эбит уонна өссө киһилии кэпсээннээх буолар үһү. Былыр эмиэ Аммаҕа, эмиэ, били эбэбит эбэтиттэн истибит кэпсээнин кэпсиибин. Чугас ыалларыгар остуол сүүрдэр буолбуттар. Ону биир Дьаакып диэн киһи олох итэҕэйбэт үһү. «Остуол хайдах сүүрүөй, үс атаҕынан хайдах татакайданан сүүрэр үһү?» — дии-дии күлүү оҥостубут. Онуоха остуолу сүүрдээччи: «Ыл, Дьаакып атаҕын тосту түһэн кэбис» диэбит. Остуол кырдьык-хордьук иһиттим-истибэтим диэбиттии, хаҥас орон муннугар олорор Дьаакыпка ыстаммыт. Дьаакып күлэ-күлэ таһырдьа ойбут. Тоҥуу хаары оймоон сүүрэн баһыаччахтанан истэҕинэ остуола ситэн кэлэн Дьаакып атаҕын тосту үктээн кэбиспит. Хор, ол курдук үс атахтаах остуол, сэнээбит киһитин таһырдьа кытары батыһан тахсар буолара үһү.

Таҥха туомун бүтэһигэр түөрэх быраҕыыта буолара. Түөрэҕи үс төгүл быраҕаллар. Тохтуу түһэн, санааҕын барытын түмэн, түөрэҕи уҥа санныҥ туһаайыытынан көбүөргэ биитэр арбаҕастаах сылгы тириитин үрдүгэр быраҕыллар. Түөрэх тиэрэ түстэҕинэ, баҕа санааҥ барыта кэлэр дьылга туолар. Ону көрөн олорбут эбэтэр аттыгар турбут дьонуҥ үөрэн сэгэс гына түһүөхтээхтэр уонна «Тускуо» диэн үс төгүл үөгүлүөхтээхтэр. Өскөтүн түөрэх умса түстэҕинэ, тута харбаан ылыллар уонна түөрэх төбөтүн имэрийиллиэхтээх. Оччоҕуна санаабыт баҕа санааҥ туолбат тускута ыһыллан хаалар. Онтон эмиэ санааҕын түмэҕин, баҕаҕын сипсийэҕин уонна иккистээн быраҕаҕын. Итинник үс төгүл гыныахха сөп.

 

Сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр аныгы дьон маннык сэрэбиэйдэниэхтэрин сөп:

1. Бүлүүһэ сүүрдүүтэ. Бүлүүһэни сүүрдүөх иннинэ чүмэчигэ кэриэрдэллэр, ортотун кичэйэн сылыталлар. Бүлүүһэ иччитин алҕаан баран өлбүт киһи дууһатын ыҥыраллар. Ыҥырар киһигит буукубаны билэр, ааҕар-суруйар үөрэхтээх киһи буолуохтаах. Өлбүтэ үс сыл буола илик киһини аньыырҕаан ыҥырбаттар. Кини дууһата моһуоктаһыан, арахпакка буулуон сөп дииллэр. Ардыгар утуйа сытар киһи дууһатын ыҥырааччылар. Сарсыныгар ол киһиттэн ыйыттахха эрэйдээхтик утуйбутун туһунан этээччи. Оттон бит-билгэ дьиҥнээх хаамыытын истиэххин баҕардаххына өлбүт киһи дууһатын ыҥырыахтааххын.

2. Бүргэс сүүрдүүтэ. Бүргэс сабыттан соҕотох киһи тутар. Оонньооччута хас баҕарар буолуон сөп. Оттон сүүрэр кумааҕыта оруобуна бүлүүһэ хонуутун курдук, ол эрээри кыра кээмэйдээх буолар. Манна альбом лииһэ оруобуна сөп түбэһэр. Кумааҕы ортотугар уһуктаах өттүнэн тирэнэн турар иннэ кэлин өттүнэн ыйан-кэрдэн биэрэр.

3. Кинигэ ааҕыыта. Кинигэни ааҕарга остуол икки өттүгэр чүмэчи уматыллар. Ордук кэпсээннээҕинэн-ипсээннээҕинэн, боппуруоска таба эппиэттииллэринэн Амма Аччыгыйын «Сааскы кэм», Николай Якутскай «Төлкө», Далан «Дьылҕам миэнэ» уо.д.а. халыҥ арамаан кинигэлэрин ааттыахха сөп. Боппуруоһу ыйытан баран хараххытын симэн баран түбэһиэх сирэйи арыйан түбэһиэх этиини эмискэ ыйаат ааҕаҕыт.

4. Түөрэх быраҕыы. Мас хамыйаҕы кэннилэринэн туран «Инникибин түстээн түөрэх түҥнэстимэ» диэн баран быраҕаллар. Хамыйах сирэйинэн олоро түстэҕинэ эн тускар үчүгэй дьыл кэлбит (дьиҥинэн, түөрэх умса да түстэҕинэ былыргы саха дьоно соччо долгуйбаттар, хаһан «сөпкө» олоруор диэри төхтүрүйэн быраҕа тураллар үһү).

5. Этэрбэһи хаамтарыы. Кэргэн тахса илик кыргыттар биир хоско этэрбэстэрин туппутунан киирэллэр. Хос ааныттан саҕалаан холумтан туһаайыытын диэки кыргыттар этэрбэстэрин хардары-таары уочаратынан тутан “хаамтараллар”. Холумтаҥҥа аан бастакынан тиийбит этэрбэс хаһаайката быйыл эргэ тахсар.

6. Күлүгү көрүү икки араастаах. Бастакыта, кумааҕыны (хаһыаты, тэтэрээт лииһин, бородуукта суулуур маҕаһыын кумааҕытын) «инникибин эт» дии-дии төгүрүк быһыылаах гына бүк-бах тутан баран эт эттиир хаптаһын үрдүгэр сытыаран уматаллар. Кумааҕы умайан бүппүтүн кэннэ күл мөчөкө ойоҕоһугар чүмэчини сыһыары тутан күлүгүн истиэнэҕэ көрөллөр. Эт эттиир маһы талбыккынан эргитэ сылдьыаххын сөп.

Иккиһэ, кырыыта суох толору уулаах ыстакаан түгэҕэр кыһыл көмүс биһилэҕи тимирдэллэр. Чүмэчи уотугар сыҕайан маннык алгыыллар: «Мин аналым, мин тапталым, олоҕум аргыһа, дьылҕам тардыыта көһүн, үтүө мөссүөҥҥүн, үчүгэй дьүһүҥҥүн көрдөр, көөчүктээ». Биһилэх иһигэр кэргэн буолар киһиҥ көстүөхтээх.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *