Олунньу 13 күнэ -Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ!
Төрөөбүт тыл күнэ — саха дьонун өйө-санаата бөҕөргүүрүгэр, билиитэ-көрүүтэ дириҥииригэр олохторун анаабыт саха интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэригэр, учуонайдарыгар сүгүрүйүү уонна ытыктабыл бэлиэтэ буолар.
Бу күҥҥэ анаан нэһилиэк олохтоохторугар «Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?» үстүү кыттааччылаах, биэс хамаандаттан турар билии-көрүү күрэһэ ыытылынна. Күрэс алта түһүмэхтэн турар. Кыттааччы билиитин-көрүүтүн, толкуйдуур тобулар дьоҕурун сайыннарар, мындыр өйүн хаҥатар сыаллаах ыйытыктар ыытылыннылар.
Ол курдук:
1 түһүмэх — «Тыл таһаарыы» (холбуйа иһигэр баар буукубалартан бэриллибит биир тылы таһаарыы)
2 түһүмэх- «Бу кимий?» (саха суруйааччыларын таайы)
3 түһүмэх- Тургутук (ыйытыкка хоруй)
4 түһүмэх- «Бу тугуй?» (мөлтөх хаачыстыбалаах хаартыска нөҥүө туох буоларын быһаарыы)
5 түһүмэх — «Олоҥхоһуту таай» (ханнык олоҥхоһут туһунан кэпсэммитин быһаарыы)
6 түһүмэх — «Ханнык айымньы дьоруойай» (артыыстар киирэн оонньоон көрдөрөллөр)
Бу күрэскэ биһиги нэһилиэкпит коллекционера, доруобуйа харыстабылын туйгуна, кыраайы үөрэтэр кулууп
Аҕа сүбэһитэ Татьяна Кононовна Васильева — Татыйык ыалдьыттаата, тэрийээччилэргэ күүс-көмө буолла. Дьүлэй нэһилиэгин олоҥхоһуттарын тустарынан киэҥ билиитин үллэстэн, дьарык оҥостор малыттан, ыстакаан уурар тимир оҥоһук остуоруйатыттан ыйытык биэрэн уонна айымньы дьоруойун оонньоон көрдөрөн кыттааччы сэҥээриитин ылла, интэриэһин татта, сүргэтин көтөхтө.
Түмүккэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан:
Ι Үрдэл «Табыс» хамаанда — Аянитова Е.Е., Васильева М.П., Попова Х.Н.
ΙΙ Үрдэл «Алгыс» хамаанда — Ефимова Л.В., Большакова И.А., Никитин А.Н.
ΙΙΙ Үрдэл «Кэскил» хамаанда — Кузьмина В.В., Хаптагаева С.И. Никитин Н.Н.
Кыайыылаахтар дипломунан, «Дьүлэй нэһилиэгин устун айан» брошюранан, истиэнэ халандаарынан наҕараадаланнылар. Бары кыттыбыт дьоммутугар, кыраайы үөрэтэр кулууп иһинэн оҥоһуллан тахсыбыт «Улуу Убайбыт Былатыан Ойуунускай уонна Дьүлэй нэһилиэгэ» буклеттар уонна «Мин ийэ тылым — Саха тыла» значоктар туттарылыннылар.