Эдьиий Дора — Сири хайдах аһатабыт?

Сири хаһан, ханна, хайдах аһатабыт? 1. Балаҕан ыйын 22-25 күннэригэр хас бииридии ыал дьон, тэрилтэ, бу кэмҥэ биир күнү чуо анаан туран, эбэни (өрүһү, үрэҕи, күөлү, үрүйэни, көлүччэни, күөх сыһыыны, ходуһаны, бултуур сири, хочону, күөх хонууну уо.д.а.), уопсайынан, ким ханан олорорунан, сөбүлүүр сирин киирэн, хайаан даҕаны сиэри-туому тутуһан, аһатыахтаах. Онуоха сыллата чопчу биир күнү, биир… Читать далее »

Туйаарыма

Ханна эрэ, хаһан эрэ Самаан сайын үгэнигэр Хатыҥ чараҥ сипсийэрэ, Сылаас салгын илгийэрэ. Онно ыраах сайылыктан Саһарҕалыы сандаарыйан, Санаам курдук унаарыйан, Сахам кыыһа иһэр этэ. Уһун суһуох субуллара, Долгун буолан бураллара, Туналҕаннаах ньуурдаах кэрэ Туйаарыма курдук этэ. Илэ чахчы бэйэтинэн Номох курдук дьиктилээҕэ, Илгэ күөххэ иэйиилэнэн, Имин хаана кэйбит этэ. Хаһан уонна ханна буолтун Хантан… Читать далее »

«Толбоннурар уһун суһуох» аһаҕас күрэх балаһыанньата

🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿 *Дьүлэй нэһилиэгин Таатта улууһун төрүттэммитэ 110 сылыгар аналлаах «Толбоннурар уһун суһуох» аһаҕас күрэҕин балаһыанньата* 🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿 Буолар сирэ: Таатта улууһа, Туора-Күөл с., Кэрэхтээх алааһа. Буолар күнэ, кэмэ: Бэс ыйын 21 күнэ. Ыытыллар миэстэтэ: Кэрэхтээх алааһа. Сыала-соруга: • Кыыс оҕо кэрэтигэр сүгүрүйүү, харыстааһын; • Эдэр ыччаты сырдык-ыраас көстүүгэ, истиң сыһыаҥҥа, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит сиэргэ-туомҥа уһуйуу;… Читать далее »

👩‍👦‍👦👩‍👧‍👦Эдэр ийэлэр 🌿🌺

Нэһилиэкпит биир кыраһыабай көстүүлээх миэстэтигэр, сынньанар зонабытыгар эдэр ийэлэр түмсэн, араас бэйэлээх сибэккилэри олордон киэргэттибит. Үгэскэ кубулуйбут дьарыкпыт сыллата тупсан,кэҥээн иһэриттэн үөрэ — көтө муһуннубут.

Оҕуруот аһа

Сиэмэни бэлэмнээһин Сиэмэни ыһыах иннинэ араскылатар ордук. Атыылаһыы сиэмэни да эбэтэр бэйэ учаастагыттан хомуйуллубут сиэмэни да араас суурадаһыҥҥа сытыаран тахсарын түргэтэтиэххэ син. Ромашка, валериана, алоэ, ынах сааҕын суурадаһынын туһаныахха сөп. Ол гынан баран наһаа өр сытыарбаккын. Хаппыыста, редис сиэмэтин 30 мүнүүтэ, укуруоба, петрушканы-чаас аҥаара сытыаран баран, биир суукка ууга сытыараллар. 2 чаайынай ньуоска ромашканы1 ыстакаан… Читать далее »

«Улуу Кыайыы суолларынан» онлайн-викторина түмүгэ:

Улуу Кыайыы 77 сылын көрсө ыытыллыбыт онлайн-викторина 20 боппуруоһуттан 20 баллга (100%) эппиэттээн кыайыылаахтарынан буоллуллар: Максимова Варвара Николаевна, Аянитова Наталья Николаевна, Васильева Луиза Егоровна! Кыайыылаахтары э5эрдэлиибит, бары кыттыбыт дьоммутугар махталбытын этэбит.

Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны ситиһиигэ кылааттара

Киһи аймах историятыгар хаһан да буолбатах алдьархайдаах сэриигэ Сэбиэскэй Сойууска ороспуойдуу саба түспүт фашистскай Германияны кыайан, атын Европа дойдуларын фашизмтан босхолоон, бу уоттаах сэрии сэбиэскэй норуот кыайыытынан түмүктэммитэ. Сэрии Саха сирин хайа баҕарар муннугар олорор хас биирдии ыалы, дьиэ кэргэни таарыйбыта, чуумпу олоҕун аймаабыта. Сэрии, уот-кураан сылларга нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ хорсуннук сэриилэспиттэрэ, тыылга таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Тапталлаах… Читать далее »

Норуот маастара, өбүгэ таҥаһын үйэтитээччи Анна Николаевна Акимова

ХАЛАДААЙ ЫРБААХЫ Былыргылар халадаай ырбаахыны бөҕө-таҕа, киэҥ-куоҥ гына тиктэллэрэ. Уһуна этэрбэс тумса көстөр гына эбэтэр бэрбээкэйи сабар буолуохтаах. Ырбаахы байбаралаах буолуон син. Таҥас тобуктанан тахсыбатын наадатыгар, байбараны арыый тобук үөһэ өттүттэн салгыыллар. Мааныга кэтиллэр халадаай кэннигэр кутуруктаах курдук быһыллар. Сиэҕэ киэҥ уонна үрдүк дьогдьуурдаах. Халадаай ырбаахы хайдах баҕарар быһыылаах дьахтарга барсар. Халадаай ис хоһооно дьахтар… Читать далее »