Архив за месяц: Июнь 2022

Эдьиий Дора — Сири хайдах аһатабыт?

Сири хаһан, ханна, хайдах аһатабыт? 1. Балаҕан ыйын 22-25 күннэригэр хас бииридии ыал дьон, тэрилтэ, бу кэмҥэ биир күнү чуо анаан туран, эбэни (өрүһү, үрэҕи, күөлү, үрүйэни, көлүччэни, күөх сыһыыны, ходуһаны, бултуур сири, хочону, күөх хонууну уо.д.а.), уопсайынан, ким ханан олорорунан, сөбүлүүр сирин киирэн, хайаан даҕаны сиэри-туому тутуһан, аһатыахтаах. Онуоха сыллата чопчу биир күнү, биир… Читать далее »

Туйаарыма

Ханна эрэ, хаһан эрэ Самаан сайын үгэнигэр Хатыҥ чараҥ сипсийэрэ, Сылаас салгын илгийэрэ. Онно ыраах сайылыктан Саһарҕалыы сандаарыйан, Санаам курдук унаарыйан, Сахам кыыһа иһэр этэ. Уһун суһуох субуллара, Долгун буолан бураллара, Туналҕаннаах ньуурдаах кэрэ Туйаарыма курдук этэ. Илэ чахчы бэйэтинэн Номох курдук дьиктилээҕэ, Илгэ күөххэ иэйиилэнэн, Имин хаана кэйбит этэ. Хаһан уонна ханна буолтун Хантан… Читать далее »

«Толбоннурар уһун суһуох» аһаҕас күрэх балаһыанньата

🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿🌺🌿 *Дьүлэй нэһилиэгин Таатта улууһун төрүттэммитэ 110 сылыгар аналлаах «Толбоннурар уһун суһуох» аһаҕас күрэҕин балаһыанньата* 🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿 Буолар сирэ: Таатта улууһа, Туора-Күөл с., Кэрэхтээх алааһа. Буолар күнэ, кэмэ: Бэс ыйын 21 күнэ. Ыытыллар миэстэтэ: Кэрэхтээх алааһа. Сыала-соруга: • Кыыс оҕо кэрэтигэр сүгүрүйүү, харыстааһын; • Эдэр ыччаты сырдык-ыраас көстүүгэ, истиң сыһыаҥҥа, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит сиэргэ-туомҥа уһуйуу;… Читать далее »

👩‍👦‍👦👩‍👧‍👦Эдэр ийэлэр 🌿🌺

Нэһилиэкпит биир кыраһыабай көстүүлээх миэстэтигэр, сынньанар зонабытыгар эдэр ийэлэр түмсэн, араас бэйэлээх сибэккилэри олордон киэргэттибит. Үгэскэ кубулуйбут дьарыкпыт сыллата тупсан,кэҥээн иһэриттэн үөрэ — көтө муһуннубут.